Балыктаах хачыгаардара: “Ып-ыраас, сып-сылаас хочуолунайдаахпыт”
Кыстык хаар түһэн кыыдамныыр. Саҥа кыстыкка киирдибит. Бу кэмҥэ хаһааҥҥытааҕар даҕаны хомунаалынай хаһаайыстыба үлэтэ уонна үлэһиттэрэ өрө тутуллар кэмнэрэ. Кинилэртэн тутулуктаах эбээт, кыстыгы хайдах сылаастык, тоҥмокко, саахала суох туоруурбут.
“СӨ ОДьКХ” ГУП (генеральнай дириэктэр В. С. Чикачев) Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалыгар биир уһуннук уонна таһаарыылаахтык үлэлээбит киһинэн Виктор Кычкин буолар. Ону киниэхэ министиэристибэттэн тиийэ биэрбит элбэх кырааматалара туоһулууллар. Кини Балыктаах учаастагын таас чоҕунан оттуллар хочуолунайын хачыгаара. Кэлэр 2024 сылга үлэлээбитэ 20 сылын томточчу туолар.
Виктор Егорович урут суоппарынан, тутууга да үлэлээбитэ. Онтон 2004 сылтан бу филиалга үлэлиир. Кини «Балыктаах киэһэтинэн» биллибит, ырыаҕа киирбит Балыктаахха үлэлиир хочуолунайа квартальнай дэнэр. Бу хочуолунай оскуола интэринээтин, арболит дьиэлэри, уһуйааны сылааһынан хааччыйар. Онон бэйэтин үлэлиир симиэнэтин күнүгэр 8 чаас иннинэ дьиэтиттэн тахсан Бииктэр хочуолунайын диэки аа-дьуо хаамар. Кинини кытта тэҥҥэ биир симиэнэҕэ турар эдэр уол Сергей Харитонов эмиэ баччаларга тиэтэйэ-саарайа дьиэтиттэн таҕыстаҕа. Урут 8 чаастан 8 чааска диэри суукканы быһа үлэлииллэрэ. Ол аныгы кэм уонна үлэ харыстабылын кытаанах ирдэбилинэн тохтообута ыраатта. Аны билигин хачыгаар сарсыарда 8‑тан киэһэ аҕыска диэри үлэлиир. Иккис күнүгэр киэһэ 8 чаастан сарсыарда 8‑ка диэри дьуһуурунайдыыр.
Учаастакка 30‑ча үлэһит баар. Хачыгаардары таһынан силиэсэр, сыбаарсык бааллар. Сыбаарсык көстүбэккэ эрэйдэнэн баран, быйыл Тааттаттан Андрей Гоголев кэлэн абыраммыттар. Бу хааман иһэн урукку кэмнэри санаан, мүчүк-мүчүк гынар: “Урут бэйэбит сосуһан-сысыһан, таас чоҕу кытта “тустар” этибит. Ахсынньы-тохсунньу томороон тымныыларыгар таас чоҕуҥ киһи кыайан алдьаппат гына эпсэри тоҥон хаалара, ону алдьатан, соһор иһиккэр кутан баран, сосуһуу кытаанаҕа буолара. Билигин ып ыраас, сып-сылаас хочуолунайбар тиийиэҕи-им”.
Кырдьык, урукку уонна билиҥҥи кэм диэн хомунаалынай хаһаайыстыбаларга чыҥха атын өйдөбүл буоллаҕа. Виктор Егорович үлэлиир хочуолунайа туалеттаах, душтаах, өссө үлэҕэ киртиппит таҥаһын сууйтаран барыан сөп. Онтон ордук туох нааданый, маннык эппиэттээх, ыарахан үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо!? Урут бэйэлэрэ сосуһан, систэрэ быстар чохторун аны тыраахтар киллэрэр, быһата, үлэ чэпчээбит — хачыгаар сүргэтэ көтөҕүллүбүт.
Сайылыгы сылааска холбуохтара
— Балыктаах хомунаалынай хаһаайыстыбатын учаастагын үлэһиттэрэ иллэрээ сыл саҥа хочуолунайы туппуппут, онтукабытын быйыл 9 миэтэрэни салҕаатыбыт. Аны Барнаултан түөрт оһох кэлэрин кэтэһэбит. Ол кэллэҕинэ, Сайылык диэн дэриэбинэбитин сылааска (20‑чэ ыал холбоноро буолуо) холбуохпут. Мин бэйэм эмиэ Сайылыкка олоробун, онон бу үлэҕэ киирэрин олус кэтэһэбин. Төһө эрэ абыранар этибит улахан тымныыларга. Нэһилиэкпит баһылыга Александр Куприянов уонна учаастагым салайааччыта Иван Ноговицын иккиэн эдэр дьон буолан, Балыктаахха сайдыы барарыттан олус үөрэбин. Улуустааҕы филиалбыт дириэктэрэ Иннокентий Эдуардович Яковлев сүүрэн-көтөн, кэпсэтэн, барытын кэмигэр ситиһэллэр, — диир тиэтэйэ-саарайа хааман кини.
Үлэ бэтэрээнэ Балыктаахха, үлэлиир учаастактарыгар даҕаны хомунаалынайдар барытын субуотунньугунан үлэни кыайабыт, бөһүөлэги хомунаалынайдар тутан олоробут диэн киэн тутта кэпсиир. Кинилэр тэрилтэлэринэн хас күһүн аайы Кулумачаайы эбэлэригэр балыктыыллар, астына-дуоһуйа сынньаналлар. Бииктэр бэйэтэ күһүн-саас бултуурун, айылҕаҕа сылдьарын туохтааҕар да ордорор. Хайа, уонна сүөһүлээх-астаах киһи, оттоон-мастаан, түбүгэ элбэх буоллаҕа.
Виктор Егорович кэргэнэ иитээччинэн үлэлиир Елена Кимовналыын үс оҕолоохтор. Уоллара аармыйаттан кэлэн, ХИФУ-га Горнай институкка киирэн, дьонун үөрдүбүт. Биир кыыһа ХИФУ-ну бүтэрэн, “Алмаасэргиэнбааҥҥа”, иккис кыыһа ДьГТХА кэнниттэн лабораторияҕа үлэлии сылдьаллар. Онон оҕолоругар бэйэтин үлэтинэн үтүө холобуру көрдөрөр.
Дьэ, бу курдук өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев быйыл биллэрбит Үлэ сылыгар Балыктаах бастыҥ хачыгаара В. Е. Кычкин бииргэ үлэлиир доҕотторугар үлэҕэ үтүө холобуру көрдөрүө, настаабынньык буолан сүбэлиэ-амалыа, бу курдук инникигэ эрэллээх буолуоҕа диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Источник: https://sakha-sire.ru/